«Эбээм Попова Юлия Илларионовна кэпсээннэриттэн» Мин эбээбин кытта куруук, аргыый наллаан олорон, кэпсээннэрин истэрбин наhаа собулуубун. Аргыый а5ай, ыксаабакка кэпсээнин са5алаата: «Мин 1939 с. от ыйын 6 кунугэр Эбээн Бытантай улууhугар Баата5ай Алыытыгар торообутум. Ийэм-Атласова Анна Васильевна Уус- Маайа улууhуттан, а5ам Дягилев Илларион Георгиевич Олуохумэттэн торуттээхтэрэ. Куоракка уорэнэ сылдьан билсэннэр иккиэн учуутал идэлээх буоланнар хоту ананан барбыттара. 1943 с. Баата5айтан Дьокуускайга дылы ыт, таба колотунэн айаннаан иhэн а5ам сэбиргэхтэтэн Дьокуускайга кэлэн тыына быстар, ийэм дойдутугар кэлэн Уус -Майа улууhугар Кыhыл Майаахха убайыгар Василий Васильевич Атласовка кэлэн улаханнык ыалдьан 26 эрэ сааhыгар кун сириттэн курэнэр. Мин онно 4 саастаахпын, бииргэ торообут убайым Юра ( Дягилев Юрий Илларионович ) 6 саастаа5а. Ийэм бииргэ торообуттэрэ сэттиэлэр этэ: Никита Васильевич, Василий Васильевич, Евдокия Васильевна, Анна Васильевна, Александра Вас
...
Читать дальше »